2 Хомустаах нэһилиэгэ Улуу Кыайыы 80 үбүлүөйдээх сылын үрдүк таһымҥа бэлиэтээтибит. Бу күннэргэ үгүс дьаһаллар ыытылыннылар. Үгэскэ кубулуйбут байыаннай параат быйыл «Кыайыы скверигэр» диэри хаамта. Бу күн Улуу Кыайыыны уһансыбыт тыыл бэтэрээннэрин уонна байыаннай дьайыыга кыттыыны ылбыт хорсун буойуттарбытын чиэстээтибит, кинилэргэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит. 2 Хомустаах нэһилиэгин орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, 144 кэриҥэ оҕо, тэрилтэлэр, нэһилиэк түөлбэтин дьоно биир тэтиминэн Ураа! Хаһыынан кэлбиттэрэ. Кыайыы 80 сылынан «Өйдүбүнньүк бэлиэ» үөрүүлээх арыллыыта уонна «Ол суостаах сылларга» музыкальнай театрализованнай көрдөрүү хас биирдиибитигэр киэҥ туттууну, патриоттуу санааны үөскэттэ, долгутта. Улуу Кыайыы күнүгэр үгэскэ кубулуйбут аҕам саастаахтар түмсэннэр ис сүрэхтэн ирэ — хоро кэпсэтэн, саҥа сонуну истэн, дойду дьонун историятын, олоҕун сэҥээрэ долгуйа да истэр «Күөх уот» тэрээһин буолла. Киэһэ 21ч.00м «Эйэлээх олох, дьол иһин!» акцияҕа кыттыһан кэриэстэбил чүмэчитин уурдулар. Түгэнинэн туһанан, Кыайыы күнүн бэлиэтээһиҥҥэ сүүрбүт-көппүт, тэрийсибит, кыттыбыт бар дьоммутугар, оҕолорбутугар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. 2 Хомустаах дьоно – сэргэтэ өссө төгүл түмсүүлээхпитин көрдөрдүбүт. 2 Хомустаах нэһилиэгин күүһэ — түмсүүгэ!
Биир сомоҕо буолууга!






































