Кыайыы 80 сылынан, нэһилиэккэ Улуу Кыайыы уонна көлүөнэлэр ситимнэрин сылынан, тыылга кыайыыны уһансыбыт дьоммут сырдык ааттарыгар сүгүрүйэн, сэрии ыар сылларыгар балыктаан, оҕуруот аһын үүннэрэн, бар дьоннорун аһаппыт үтүөлээх дьоммут Олесов И.В. Леонтьев Е.П.
Кван Н.Д. сырдык кэриэстэригэр аналлаах тэрээһин буолан ааста. Бу дьон оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн ыалдьыт буолан бардылар. Норуокка Аабы, Бото, Кымаан диэн ааттарынан биллэллэрэ. Буолбут тэрээһин сыалын — соругун ситтэ. Оскуола оҕолоро эҕэрдэлэрэ, балык туһунан быыстапкалара, куонкурустара тэрээһини ситэрэн — хоторон ис хоһоонун байытта. Кэлбит ыалдьыттар үөрэ-көтө көрсүбүт төрөөбүт дойдуларын дьонугар-сэргэтигэр, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэригэр
ис сүрэхтэн тахсар барҕа махталларын, доруобайаны, дьоллоох олоҕу баҕардылар.











