Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн көрсө «Кыайыы Кыһыл Знамята «бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бары бииргэ Кыайыыга» диэн девизтээх эстэпиэтэ тохсунньу ыйын 9 күнүгэр сахалартан бастакы Сэбиэскэй сойуус дьоруойа Фёдор Кузьмич Попов төрөөбүт- үөскээбит дойдутуттан — Мэҥэ Хаҥаластан Баатара нэһилиэгиттэн саҕаланан олунньу 6 күнүгэр Хомустаах 2-с нэһилиэгэр кэллэ. Дьоруой «Кыайыы Кыһыл Знамятын» «Евсей Павлович Сивцев» аатынан Хомустаах орто оскуолатын 11-с кылаас оҕолоро Осипов Альберт, Захаров Семен, Протопопов Ариан Хомустаах 2-с нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Сергей Саввич Никонов чиэстээхтик көрүстүлэр. Нам улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Егор Андреевич Протопопов Хомустаах 2-с нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытыгар Сергей Саввич Никоновка Кыайыы Знамятын үөрүүлээх быһыыга- майгыга туттарда. Эҕэрдэ тылы Хомустаах 2-с нэһилиэгин түөлбэтин баһылыгын солбуйааччыта Сергей Саввич Никонов, «Алгыс» ветераннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Надежда Ивановна Сивцева уонна Нам улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Егор Андреевич Протопопов эттилэр. 1941-1945 тыйыс сыллар төһө да ыраатталлар, ол ыар кэмнэри, фашизмы самнарыы, Улуу Кыайыы төһө уустуктук кэлбитин умнар кыахпыт суох. Кыайыы Кыһыл Знамята тэлэбирии кыыстын, суох буоллун сэрии, эйэлээх олох, күөх халлаан чэлгийдин!







